I've been keeping a Quarantine Diary, in Sakha/Yakut, in the aim of both improving my Yakut composition skills, and of recording a bit of my day-to-day experiences under lockdown. I'll be adding to it periodically.
*
Муус устар үһүс күнэ
Бүгүн харантыын сүүрбэ төрдүс күнэ буолар. Мин бу саҥа ситуацияҕа үөрэнэн хааллым. Мин сөптөөх физическэй эрчиллии оҥорор кыаҕым суох, диэн саамай улахан аһыйыым буолар. Үгэс курдук мин күн аайы уон километр кэриҥэ сатыы хаамааччым. Бу мин кыра квартирабар биллэн турар кыаллыбат. Биһиэхэ саҥа сиэр баар: киэһэ уон сэттэ чаас кэннэ коронавирус туһунан сонун ааҕар сатаммат. Киэһэ биһиги киинэ көрөбүт, арамаан ааҕабыт, киэһээҥи аһылыгы бэлэмниибит. Күнүс мин үлэлиибин: суруйабын, тылбаастыыбын, виртуальнай семинардарга кыттыыны ылабын. Харантыыҥҥа мин өссө саҥа дьарыктаахпын. Биһиги Нью-Йоркка олорор квартирабытыгар икки кэрэ гитара буллубут (кинилэр бас билээччилэрэ билигин Парижка сылдьар). Мин муусуканы бэрт таптыыбын, ол эрээри хаһан да олохпор мин инструмеҥҥа оонньуу үөрэммэтэҕим. Карантиҥҥа маны гынар мин балай эмэ бириэмэлээхпин.
Муус устар төрдүс күнэ
Бүгүн харантыын сүүрбэ бэһис күнэ буолар. Нью-Йорк куоракка бакалейнай маҕаһыыннар дьиэҕэ илдьэн биэрэри тохтоттулар. Ол иһин биһиги маҕаһыыҥҥа барарга тиийбиппит. Бэйэтэ авантюра! Манна өссө дьиҥнээх медицинскэй мааскалары булар киһи сатаан булбат. Онон биһиги саарпыгы икки гына кырыйан бэйэ оҥоһуута мааскалары оҥорорго кыһанныбыт. Биһиги соччо табыллыбатыбыт. Мин мааскам сирэйбиттэн сулбуруйан түстэ. Маны саҥалыы кэтэ сатаан, мин биллэн турар сирэйбин тарбахтарбынан тыыттым. Тиһэҕэр тиийэн мин мааскабын уһуллум. Дьоҥҥун улууссаҕа тумна сылдьар бэрт ыарахан, кыратык футбольнай матчка сылдьар курдук. (Ол эрээри райоҥҥа дьон бары бэрт эйэҕэс, бэл диэтэр ичигэс сыһыаннаах, буоллулар.) Маҕаһыын иһигэр мин бэрт куттанным, тоҕо диэтэр онно дьону тумна сылдьар сатаммат этэ. Ол эрээри таһырдьа тахсан мин кэргэним олус дьоллонно. Кини сааскы сибэккилэниини мастарга көрөн үөрдэ. Бу экскурсия кыра кутталы, ол эрээри улахан дьолу, аҕалла.
Муус устар сэттис күнэ
Бүгүн сүүрбэ харантыын ахсыс күнэ буолар. Мин оптуорунньук аайы виртуальнай семинарбар Иммануил Кант Өйдөөһүн критикатын туһунан үөрэтэбин. Семинарга отут кэриҥэ үөрэнээччилэр кытталлар. Кинилэр тус-туспа дойдулартан кэлэллэр, холобур Колумбияттан, Болгарияттан уонна Индияттан. Сорохтор мин урукку студеннарым буоллаллар, сорохтор эмиэ мин курдук университет профессордара. Кыттааччылар аҥардара миигин бэйэбин билэллэр, атын аҥара (мин сабаҕалыырбынан) мин кыра биллэриибин социальнай ситимҥэ (Твиттергэ) буллулар. Биһиги сүрүн сыалбыт кыһалҕаттан аралдьыйарбыт буоллар диэн мин кыттааччыларга маҥнайгы семинарга быһаардым. Философия бэйэтэ иккис суолталаах. Бу кинигэҕэ Кант искусство уонна айылҕа сыһыаннаһыытын интэриэһиргиир. Кини санаатыгар бу икки сфералар сыаллаах буолуунан уратыланаллар. Ол эрээри киһи бу сыаллаах буолууну өйдөөһүҥҥэ булар кыаҕа суох. Онон искусство кэрэтэ уонна айылҕа телеологията өйдөөһүн торумнара (Кант өйдөбүлүнэн) буолбаттар, регулятивнай идеялар буолаллар.
Муус устар отутус күнэ
Бүгүн харантыын биэс уон биирис күнэ буолар. Биһиги квартирабыт мин олохпор саамай кыра квартира, диэн мин бу сарсыарда өйдөөтүм. Кини ленинградскай уопсай дьиэм хоһунааҕар кыра. Кини бэл диэтэр нью-йоркскай стандартынан кыра. Мин бу квартира иһин бэйэм биэс тарбаҕым курдук билэбин. Мин кэргэмминиин олус кыараҕастык олоробут. Бэйэ-бэйэни тумна сылдьар сатаммат. Биһиги бэйэ-бэйэни биллэн турар таптыыбыт, ол эрээри “Харахтан ыраах, сүрэххэ чугас”, диэн өс хоһооно этэр. Күнүс мин кэргэним утуйар хоско үлэлиир, мин дьыбааҥҥа атын хоско үлэлиибин. Кини диссертациятын суруйар уонна билиҥҥи грек тылын үөрэтэр (мин античнай грек тылын өрдөөҕүтэ үөрэппитим, билиҥҥи грек тыла миэхэ биир тэҥҥэ билэр уонна дьикти курдук көстөр). Бэҕэһээ мин Ютубка үчүгэй саха киинэтин буллум, Дмитрий Давыдов Ийэкээмин диэн (нууччалыы аата Нет бога кроме меня). Бу киинэ кыра бөһүөлэктэн сылдьар эр киһи туһунан. Кини ийэтэ деменциялаах, онон эр киһи ийэтин Дьокуускай куоракка көмө була аҕалар. Сүрүн оруолга Пётр Саводников оонньоото, кини наһаа үчүгэй буолла. Мин бу киинэни булан олус үөрдүм. Мин сорох атын саха киинэлэрин, судургу комедияларын, көрөн бардым, оттон чиэһинэйдик эттэххэ кинилэр наһаа үчүгэй буолбатылар.
Comments